Ыам ыйын 15 күнэ – Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ. Дьиэ кэргэн күнүнэн тургутукта таай.
https://forms.gle/3KXxYgXX5Wz1GGdk9
Сергей Егоров
Саха ыала
Сайдам мааны саха ыалын
Тэйэ сылдьан ахтан-санаан,
Тэһийбэккэ ыллаан-туойан
Ахтылҕаммын таһаарабын.
Саха ыала, Саха ыала
Айах тутар ыалдьытымсах
Дьэдьэн суорат, күөрчэх сүөгэй
Остуолугар өрүү дэлэй.
Ааһар олоҕум устата
Миигин ыҥырар уоскута
Саха ыалын итии чэйэ
Саҥа буспут алаадьыта.
Саха ыалын сылаас дьиэтэ
Үөрэр-көтөр хоноһоҕо
Саха тылын минньигэһин
Манна сылдьан билэҕин.