Софья Егоровна Протодьяконова хоһооно «Хаһан»

https://youtu.be/wplwg3LpE64?si=2jHrn6byjCNbsDLS
Бу ссылканнан киирэн көрүҥ.
Хаһан.
Хаһан сайын буолар?
Чээлэй күөххэ сууланыахпын,
Күн уотугар сыламныахпын,
Халадаай былаачыйа кэтэн тэлээриэхпин.
Хаһан сайын буолар?
Куула тыаҕа тахсыахпын,
Алаастарынан хонууннан
Сылаас салгыны батыһа сүүрүөхпүн.
Хаһан сайын буолар?
Сиргэ сытан сэниэ ылыахпын,
Ардах курулатарын истиэхпин,
Өрүскэ сөтүөлээн ылыахпын,
Хаһан сайын буолар?
Аан дойду айылҕата тыллыаҕын!