Кулун тутар 22 күнэ А.П.Лыткина төрөөбүтэ 97 сыла А.П.Лыткина5а
Күөрэгэй саас аайытын
Ыллыыр нарын куолаһынан
Санатар эн ырыаҕын,
Анастасия Петровна.
Бар дьоҥҥун күндүлээбитиҥ
Кэрэ дьикти тойуккунан,
Эн аптаах хомус этиҥ,
Анастасия Петровна.
Эн куолаһыҥ күөх алаас
Күөх чараҥын суугуна…
Тоҕо суоҕуй бараммат саас,
Анастасия Петровна?
Олох ыарын тулуйаҕын
Чуор тойук аргыстанан,
Эн ыллаары айыллыбыккын,
Анастасия Петровна.
Элбэх сырдык, үтүө ааты
Өйдүө хаар муус кыраайчаана,
Ахтыллыа эн да аатыҥ,
Анастасия Петровна.
Куба аата өрүү куба,
Тордоҕурбат куорсуна,
Эн талааҥҥар баһыыба,
Анастасия Петровна!
Иван Гоголев — Кындыл