Муниципальное казенное учреждение культуры

Алагарская модельная библиотека

РС(Якутия), Чурапчинский улус, с. Чепара, ул. Протодьяконова, 33

«Тыыннаах кинигэ» Оҕолорго аналлаах проект.

Оҕолорго аналлаах «Тыыннаах кинигэ» диэн саҥа проегы үлэлэтэн саҕалаатыбыт.

        Кинигэни кытта бодоруһар киһи өй өттүнэн сайдар, үөрэҕэ да тупсар, дьону – сэргэни да кытта алтыһарыгар баай тыллаах буолар. Кинигэни ааҕар киһи өйө – санаата тобуллар, олоххо көрүүтэ уларыйар, дьоҥҥо үөрэхтэригэр көмө – тирэх буолар.  «Кинигэ – киһи эрэллээх доҕоро, “Кинигэ – үтүө сүбэһит”, “Сүүс сүрэҕэ суохха, биир үөрэхтээҕи биэрбэттэр” диэн саха өс хоһооннорун элбэҕи да этэллэр буолбаат?
Аныгы кэмҥэ кинигэни умсугуйан туран ааҕар дьон аҕыйах, үксүгэр информацияны хантан баҕарар ылаллар, ол иһин кинигэни ааҕарга тиэтэйбэттэр диэн этии харбыт быластыыҥка курдук туох — баар муннуктан дуораһыйар.
Дьиэ кэргэн, оскуола, библиотека — оҕо тула  ааҕар  эйгэни тэрийээччилэринэн   буолаллар. Мантан биирэ эмит болҕомтоҕо уурбат түбэлтэтигэр  оҕоҕо  охсуута   олус    улахан  буолар.
Оҕону кыра сааһыттан кинигэни сатаан кɵрɵ, ырыта, ааҕа, туһана үɵрэнэрин нөҥүө, оҕо саҥарар саҥата, тылын саппааһа, кэпсэтэр дьоҕура ситимнээх саҥата сайдарыгар үлэни тэрийиэххэ наада.

Добавить комментарий